peoplepill id: maxim-ammosov
MA
Russia
2 views today
2 views this week
Maxim Ammosov
Soviet politician

Maxim Ammosov

The basics

Quick Facts

Intro
Soviet politician
A.K.A.
Maksim Kirovich Ammosov
Places
Work field
Gender
Male
Place of birth
Stolby, Namsky District, Sakha Republic, Russia
Place of death
Moscow, Russia
Age
40 years
Education
Institute of Red Professors
Awards
Order of the Red Banner
 
The details (from wikipedia)

Biography

Аммосов, Максим Кирович (22.12.1897—28.07.1938) — сэбиэскэй государственнай уонна партийнай үлэһит, Сибииргэ Сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин охсуһуу кыттыылааҕа. М. К. Аммосов П. А. Ойуунускайдыын и И. Н. Бараховтыын, 1922 сыл муус устарыгар Саха АССР тэрийсибит киһинэн буолар. 1937 с. ЦК ВКП(б) Киин кэмитиэтин ыйыытынан М. К. Аммосов Киргизия киин куоратыгар Фрунзеҕа, Киргизия обкомун VIII пленума буола турдаҕына, тиийэр. Кулун тутар 22 күнүгэр обком бастакы сэкиритээринэн талыллар. Бу күннэргэ V Суһал бүтүн киргиистэр Сэбиэттэрин сийиэһэ түмүктэнэр. Бу сийиэскэ Максим Кирович салалтатынан Киргизскай ССР Конституцията ылыллар. Онон Аммосов Киргизия судаарыстыбалаах буолуутугар сүдү улахан суолталаах киһинэн ааҕыллар. 1937 сыл от ыйыгар Киргизия хомуньуус баартыйатын I сийиэһигэр М. К. Аммосов I Киин Кэмитиэт бастакы сэкиритээринэн талыллыбыта.

М. К. Аммосов аатын Саха государственнай университета сүгэр (1990 сылтан).

Олоҕун олуктара

Ахсынньы 22 күнүгэр 1897 с. Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр Анастасия Леонтьевна уонна Кир Васильевич Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Дьоно быстар дьадаҥы буолан түөрт сааһыттан таайыгар (убайыгар, абаҕатыгар?) Д. М. Аммосовка иитиллибит. Дьокуускайдааҕы куорат училищетын, Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын, Москватааҕы Кыһыл профессура Институтун бүтэрбитэ.

Аммосов М. К. үлэлээбит сирдэрэ:

  • 1918 с. от ыйа — атырдьах ыйа — Рабочайдар депутааттарын Сэбиэтин чилиэнэ уонна сэкиритээрэ, үөрэх комиссара;
  • атырдьах ыйа 1918 с. — кулун тутар 1920 с. — Сибииргэ ссылкаҕа сылдьыбыт. Томскайга, Иркутскскайга, Челябинскайга подпольнай үлэҕэ сылдьыбыт;
  • кулун тутар 1920 с. — олунньу 1921 с. — Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар Сибревком боломуочунайа, Саха Сирин оргбюротун бэрэссэдээтэлэ;
  • олунньу 1921 с. — алтынньы 1921 с. — Саха Сирин губревкомын бэрэссэдээтэлэ;
  • алтынньы 1921 с. — бэс ыйа 1922 с. — РКП(б) губбюротун Саха сиэксийэтин сэбиэдиссэйэ, автономия туһунан туруорса Москваҕа командировкаҕа ыытыллыбыт;
  • бэс ыйа 1922 с. — кулун тутар 1923 с. — Саха облбюротун секретара, ОК РКП(б) секретара;
  • кулун тутар 1923 с. — алтынньы 1923 с. — Саха АССР атыыга уонна промышленноска народнай комиссара;
  • алтынньы 1923 г. — от ыйа 1925 с. — Москваҕа ВЦИК-ка Саха АССР бэрэстэбиитэлэ;
  • от ыйа 1925 с. — атырдьах ыйа 1928 с. — Саха АССР народнай комиссардарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ;
  • атырдьах ыйа 1928 с. — балаҕан ыйа 1930 с. — ЦК ВКП(б) эппиэттээх инструктора;
  • балаҕан ыйа 1930 с. — олунньу 1932 с. — Институт Красной профессуры истээччитэ;
  • олунньу 1932 с. — олунньу 1934 с. — Арҕаа-Казахстаан обкомун бастакы сэкиритээрэ;
  • олунньу 1934 с. — олунньу 1937 с. — Караганда уонна Хотугу-Казахстаан обкомнарын сэкиритээрэ;
  • кулун тутар 1937 с. — бэс ыйа 1937 с. — Фрунзе горкомун бастакы сэкиритээрэ;
  • ыам ыйа 1937 с. — сэтинньи 1937 с. — Киргизия ЦК-тын бастакы сэкиритээрэ.

М. К. Аммосов 1937 с. репрессияламмыта. Сэтинньи 1937 сыл 16 күнүгэр Фрунзе куоракка сымыйа буруйдааһын түмүгэр хаайыллыбыта. 1938 сыл от ыйын 28 күнүгэр Москва куоракка ытыллыбыта.

Кулун тутар 28 күнүгэр 1956 с. реабилитацияламмыта.

СР Национальнай архыыбын Филиала Ф.2970, Оп.36, Д.З 19, 324, 327.

Өссө маны көр

  • Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ

Сигэлэр

The contents of this page are sourced from Wikipedia article. The contents are available under the CC BY-SA 4.0 license.
Lists
Maxim Ammosov is in following lists
comments so far.
Comments
From our partners
Sponsored
Credits
References and sources
Maxim Ammosov
arrow-left arrow-right instagram whatsapp myspace quora soundcloud spotify tumblr vk website youtube pandora tunein iheart itunes