peoplepill id: ergis
E
2 views today
2 views this week
Ergis
jakucki filolog, folklorysta i etnolog.

Ergis

The basics

Quick Facts

Intro
jakucki filolog, folklorysta i etnolog.
A.K.A.
Georgij Ustinowicz Germogenow
Work field
Gender
Male
Place of birth
Sakha Republic
Age
60 years
The details (from wikipedia)

Biography

Эргис (Гермогенов) Георгий Иустинович — Саха фольклориһа, лингвист, этнограф, философ; филология наукатын хандьыдаата, Саха АССР наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ. (1908 кулун тутар 31968 балаҕан ыйын 9)

Г. У. Эргис отутус сыллар ортолоруттан И. Д. Новгородов салалтатынан фольклорнай комиссия чилиэнинэн ананыаҕыттан фольклору хомуйууну уонна үөрэтиини кэрэхсээн барбыта. Аан бастаан 1934 с. аатырбыт олоҥхоһут И. И. Бурнашев-Тоҥ Суорун «Сылгы уола Дыырай Бэргэн» олоҥхотун суруйбута. Олоҥхо тиэкистэрин ийэ олоҥхоһуттартан анаан суруйууга маҥнайгы холонуулартан биирдэстэрэ. Фольклорист кэлин 1944 с. Тоҥ Суорун «Ырыа-тойук» диэн бэртээхэй кинигэтин бэлэмнээн таһаарбыта. Бу кэмтэн ыла Георгий Устинович фольклорист буоларга идэтийэн дьарыктанан барбыта.

1931 с. Казаннааҕы пединституукка киирбит, биир сыл устата икки куурсу бүтэрбит, 1932 с. ССРС Наукатын Академиятын Языкознание институутугар аспирааннары бэлэмниир кууруһугар киирбит. 19391941 сс. Украина наукатын академиятын Фольклор уонна этнография институутугар аспирантураҕа үөрэммит. Академик А. Е. Крымскай курдук биллэр востоковед-фольклорист киниэхэ научнай салайааччынан анаммыта. Крымскай салалтатынан эдэр ученай научнай үлэ методологиятын билсибитэ. Хомойуох иһин, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, дойдутугар төннөргө күһэллибитэ, үөрэх учебниктарын оҥорууга үлэлэспитэ, пединститукка фольклорга лекциялары аахпыта.

1943 с. П. А. Ойуунускай тэрийбит института Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сабылла сылдьан баран иккиһин аһыллыбыта. Г. У. Эргис институкка фольклору үөрэтиигэ тускуллаах научнай сотруднигынан ылыллыбыта.

1948 с. филология наукатын хандьыдаата буолбут. Сахалар олоххо сыһыаннарын үөрэппит.


Айар-чинчийэр үлэтэ

Бастакынан, Георгий Устинович институкка үлэлиэҕиттэн аан маҥнайгы күннэриттэн норуот айымньытын хомуйууга болҕомтотун туһаайбыта. «Спутник якутского фольклориста», «Памятка собирателям советского фольклора» диэн норуот айымньытын хомуйааччыларга сүбэ пособие суруйбута, улуустарынан институт корреспондентскай пууннарын тэрийтэлээбитэ. Онон С.И.Боло, А.А.Саввин, А.С.Порядин сэргэ улуустарга С.С.Бережнев, Е.И.Говоров, В.Н.Дмитриев, Д.Г.Жирков, М.Г.Наумовскай, П.Т.Степанов, Г.Е.Федоров, И.М.Николаев, Н.Т.Степанов курдук корреспонденнар норуот айымньытын хомуйууга көхтөөхтүк кыттыспыттара. Ол түмүгэр Научнай киин фольклорнай архива улаханнык байбыта.

Иккиһинэн, норуот айымньытын бастыҥ айымньыларын академическай таһаарыыны икки тылынан бэчээттээн таһаарыыга үлэни туһаайбыта. Ол курдук Г.У.Эргис 1947 с. К.Г.Оросин суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун сахалыы-нууччалыы бэчээттээн таһаарбыта дьоһуннаах научнай үлэ быһыытынан сыаналаммыта. Ол да иһин Г.У.Эргис бу үлэтин иһин саха фольклористикатыгар аан маҥнай учуонай степенин көмүскээбитэ. Национальнай эпоһы икки тылынан таһаарыыга бүтүн Советскай Союзка маҥнайгы үтүө холобуру көрдөрбүтэ. Кэлин «Эпос народов СССР» диэн серия тахсарыгар биһиги учуонайбыт саҕалааһына үтүө холобур буолбута. Кэлин бу серияҕа И.Г.Теплоухов-Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун Г.У.Эргис, А.А.Попов бэлэмнээн киллэрбиттэрин эпосовед И.В.Пухов ситэрбитэ.

Георгий Устинович «Исторические предания и рассказы якутов» икки чаастаах, «Саха остуоруйалара» икки томнаах кинигэлэрин таһаарыыларын бэчээттэппитэ. «Саха народнай ырыаларын» түөрт кинигэнэн тахсыытын торумун оҥорбутун үөрэнээччилэрэ Н.В.Емельянов, С.П.Ойунская, П.Е.Ефремов ситэрбиттэрэ.

Үсүһүнэн, Г.У.Эргис саха фольклорун жанрдарын сиһилии научнайдык үөрэтиини сүрүн сорук быһыытынан туруорбута. Бэйэтэ «Очерки по якутскому фольклору» диэн бэртээхэй үлэни суруйан хаалларбытын үөрэнээччилэрэ Н.В.Емельянов, И.Е.Ефремов ситэрэн-хоторон туспа кинигэнэн таһаарбыттара. Г.У.Эргис үлэтин салҕааччыларынан, үөрэнээччилэринэн филологическай наука доктордара Н.В.Емельянов, В.Т.Петров, филологическай наука кандидата С.П.Ойунская, фольклористар П.Е.Ефремов, П.Н.Дмитриев буолаллар. Эргис оскуолатын утумнааччыларынан үһүс сүһүөх фольклористар В.В.Илларионов, С.Д.Мухоплева, В.М.Никифоров, Ю.Н.Дьяконова ааттарын анаан ааттыахха сөп.

Ылыллыбыт сирэ

Сигэлэр

The contents of this page are sourced from Wikipedia article. The contents are available under the CC BY-SA 4.0 license.
Lists
Ergis is in following lists
comments so far.
Comments
From our partners
Sponsored
Credits
References and sources
Ergis
arrow-left arrow-right instagram whatsapp myspace quora soundcloud spotify tumblr vk website youtube pandora tunein iheart itunes