Yekaterina Ivanova
Quick Facts
Biography
Иванова Екатерина Егоровна (05.12.1891—07.09.1964) — олоҥхоһут.
1891 сыл ахсынньы 5 күнүгэр Амма Сулҕаччытыгар төрөөбүтэ. Балаҕан ыйын 7 күнүгэр 1964 сыллаахха өлбүтэ.
13 сааһыттан оһуокай таһаарааччы этэ. Саха Сирин суруйааччыларын Бастакы съестэрин кыттыылааҕа.
Кини ырыалара хаһыакка тахсаллара.
Олоҥхо-саха омук тылынан таҥмыт сүнкэн уус-уран айымньыта, хоһоонунан айыллыбыт поэтическай жанр буолар, кээмэйэ 40 тыһыынча строкаҕа тиийэр- манна баар өбүгэбит өркөн өйүн ситимэ, саха тылын баайа, сүмэтэ- сүөгэйэ.
Амма улууһун олонхоһуттарын оҕус тардыбат суон сурахтарын, ат уйбат үрдүк үтүө ааттарын үйэтитэргэ үлэ барар эрээри, Екатерина Егоровна Иванова аата-суола улаханнык дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэт. Кини аатырбыт норуот ырыаһыта, устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах олонхоһут ахсынньы 5 күнүгэр 1891с. Боотурускай улууһугар (билиҥҥитэ Амма улууһа) Сулҕаччы нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Төһө да фольклористары кытта алтыспытын иһин, баай ис хоһоонноох суруйууларынан, норуот ырыаһыта быһыытынан киэҥник билиннэр, кыраайы үөрэтээччи Михаил Васильевич Алексеев бэлиэтээн суруйбутун курдук, кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа күн бүгүҥҥэ диэри быһаарылла илик.
Екатерина Иванова оҕо эрдэҕиттэн олох кыһалҕатын, эрэйин-муҥун этирик түөһүнэн тыыран, этинэн-хаанынан билбитэ. Төрөппүттэрэ Егор Абрамов, Татьяна Неустроева эрдэ өлөн, 13 сааһыттан улахан дьону кытта тэҥҥэ баайдарга хамначчыттаабыта.
Оччолорго хас да улууһу холбуур суол ааныгар олорор Сулҕаччы нэһилиэгин аатырбыт олонхоһуттара, ылбаҕай ырыаһыттара, сээркээн сэһэнньиттэрэ быһа ааспат этилэр. Кинилэр уус-уран тыллаах ырыаларын, олонхолорун кыракый Кэтириис эккирэтэ сылдьан истэрэ, тугу истибитин дьиэтигэр тиийэн үтүктэн ыллыыр идэлэммитэ. Сайынын оҕолору мунньан улахан дьону үтүктэн хоһоон ааҕар эбит. Эбэлээх эһэтэ: “Оҕобут олонхоһут буолсу, куолаһа чөллөркөй”,-диэн дэлби хайҕаан уһун кыһыны быһа олонхолотон эрчийэллэрэ эбитэ үһү. 15 саастааҕар улахан ыһыахха этээччи быһыытынан хайҕаммыта: “Миигин олонхоҕо угуйбут ытык кырдьаҕастарынан: Сыгынык- Иннокентий Яковлевич Говоров, Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр киэҥник биллибит хаамаайы олонхоһут. Ол эрээри Амма олоҥхоһуттарын албан-дьаһах ааттара, олонхолуур үгэстэрэ Екатерина Иванованы уһуйбуттара. Соморсун ырыаһыта Иван Саввич Скрыбыкин- Ньомороон буоларын ахтан ааһар тоҕоостоох, эдэр эмэн сааһыгар Учурунан, Алданынан, Дьокуускай куоратынан хамнастанан сылдьыбыт. Ырыа Маппыан- Гермогенов Матвей Игнатьевич ыллыырын туойарын Соморсуҥҥа олорон эт кулгааҕынан истэн, сиэр-туом, олох дьаһах туһунан тойуктарын элбэҕи иҥэриммитэ уонна Улуу Чээбий- Тимофей Васильевич Захаров,”,- диэн Екатерина Иванова ахтара. Аммаҕа Чээбий оскуолата аар саарга аатырбыта биллэр, Екатерина Егоровна Амма олонхоһуттарын үтүө үгэстэрин утумнаан, кинилэр эйгэлэригэр иитиллэн тахсыбыт талааннаах олоҥхоһут, норуот ырыаһыта буолбута. Норуот тылынан айымньытыгар сыстан барбытын туһунан фольклористарга П.Н.Поповка, Г.М.Васильевка, И.В.Пуховка кэпсээбит.
17 саастааҕар дьоно кыһалҕаттан 5 оҕолоох 55 саастаах Лынкыр уола Дьалтайар Дьарааһын- Герасим Захарович Артемьев диэн сэнэх огдообо, Дьоҥку нэһилиэгин Үөгэй аҕа ууһун киһитигэр кэргэн биэрэллэр. Бу киһи уус-уран тыллаах ылбаҕай ырыаһыт, олонхоһут буолан Кэтирииһи элбэххэ үөрэппит, олоҥхону баһылыырыгар олук уурбута чахчы.
Норуот ырыаһыта Екатерина Иванова Сэбиэскэй былаас сылларыгар көҥүлү туппута, кини тыллаах өстөөх, дьон санаатын түмэ тардар дьоҕурдаах буолан, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьыбыта. Ол күүрээннээх үлэни кэрэһэлиир ырыалары-тойуктары айыталаан барбыта. Бу кэм тыынын арыйан көрдөрөр бэргэн тыллары эппитэ:
Тыла суох бэйэбит тылланныбыт,
Өйө суох бэйэбит өйдөннүбут,
Билиитэ суох бэйэбит билиилэннибит – диэн хоһуйуута тыа дьахтарын өйүн-санаатын туругун арыйан көрдөрөр, саҥа былааһы уруйдуур.
Екатерина Иванова дьон-сэргэ таптаан сэҥээрэн истэр ырыаһыта буоларын, дойдутун дьоно бэрт элбэҕи эрэйэллэрин ырыаһыт 70 сааһын туоларыгар билбитэ. Кини курдук кэрэ, чуор куоластаах талааннаах, киһи эрэ дууһатын долгутар ырыалары айан ыллыыр, хоһооннору хоһуйар дьахтар аймахтан суоҕун кэриэтэ. Екаатерина Егоровна айымньыларын 3 бөлөххө араарыахха сөп:
1 бөлөх- 1941с. диэри. Темата: Саҥа олоҕу уруйдааһын;
2 бөлөх- 1941-1945сс. Сэрии ыар кэмигэр суруллубут айымньыдара;
3 бөлөх- Дьоллоох олоҕу туойуу.
Екатерина Иванова үтүөкэн тыллаах-өстөөх, тутанына хоһуйар дьоҕурунан барыларыттан чорбойоро, бэйэтин ырыатын-тойугун толорооччу быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ сыанаттан ыллаан, гастролларга сылдьан биллибитэ. Кини оһуохайтан төрүттээх хоһооннору норуот бэйэтэ айбыт матыыптарыгар ууран ыллыыра.
Екатерина Егоровна 1939с. Саха сирин суруйааччыларын маҥнайгы сийиэһигэр ыҥырыллан киирбитэ, сөмүлүөтүнэн көтөн сөхпүтэ-махтайбыта. Онно филологическай наука кандидата Г.М.Васильев Екатерина Егоровна тутатына хоһуйан ыллыырын сөхпүтэ. ССРС суруйааччыларын союзтарын барабылыанньатын састаабыгар талыллыбыта. Ырыаһыт хас да айымньыта нууччалыы тылбаастанан 1969с. Советскай поэт дьахтар талыллыбыт хоһооннорун түмэр “Песни. Мечты и любовь” уонна саха поэттарын бастыҥ айымньыларын хабар “Поэзия Советской Якутии” (1955с.) диэн улахан кинигэлэргэ киллэриллибиттэрэ. Мантан ыла айар аартыга аһыллан сэбиэскэй кэмҥэ “Сөмүлүөтүнэн көтүү”, “Кыһыл бартыһаан ырыата”, “Молуода”, “Хайҕаллаах буойун Хабырылла Баабылап”, “Аймалҕан”, “Буойуннар төннүүлэрэ”, “Өлүөнэ сарсыардата”, “Алдан өрүс”. Кини айымньылара “Дьоллоох олоҕу туойабын” (1953с.), “Амма чараҥар”(1964с.) хомуурунньуктарыгар бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Норуот ырыаһыта Е.Е.Иванова олонхоһут быһыытынан бэлиэ суолу хаалларбыта 2 дьоһуннаах олонхотунан “Аландаайы-Куландаайы бухатыыр”, “Молуо Даадар”. Е.Е.Иванова туһунан Алексеев Н.В., Васильев Г.М., Емельянов Н.В., Илларионов В.В., Лонгинов Д.С., Новиков В.М., Павлов В.М., Петров Н.Е., Попов П.Н., Пухов И.В. суруйан ахтыбыттара баар.
Мин саныахпар Е.Е.Иванова айбыт айымньыларыгар ураты, дьахтар көрүүтэ баар буолан, суруйбут олоҥхотун атына көһүннэ: айылҕаны уустаан-ураннаан хоһуйан, олоҥхо дьоруойдарын суруйуутугар тас сэбэрэлэрин, быһыыларын таһааларын сиһилии дьүһүйэн көрдөрөр, дьүһүлгэннэрин арыйарга болҕомтотун уурар, ойуулуур-дьүһүннүүр дэгэттэри туттар, дорҕооннор дьүөрэлэһиилэригэр болҕомтотун уурар. Олоҥхоһутун туһунан наука эйгэтигэр үөрэтэн-чинчийэн, ырытан-бэлиэтээн көрүү суоҕун кэриэтэ.
Норуот ырыаһыта, тойуксут Екатерина Егоровна Иванова төрөөн- үөскээн ааспытын хас биирдии аҕа көлүөнэ, ыччат оҕо билиэхтээх, айбыт айымньыларын үөрэтэн аатын- суолун ааттатыахтаахтар, олоҥхолоро уостан уоска бэриллэн, салҕанан иһиэхтээхтэр. Екатерина Иванова үтүөкэн тыллаах-өстөөх, тутатына хоһуйар дьоҕурунан уратылаах. Бэйэтин ырыатын-тойугун толорооччу быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибитэ.
Айымньылара
- Дьоллоох олоҕу туойабын. — Дьокуускай, 1953.
- Амма чараҥар. — Дьокуускай, 1964.
Өссө маны көр
- Ефремов П.Е. Екатерина Егоровна Иванова. — Якутск, 1966.
- Протодьяконов В., Алексеев Н. Писатели Якутии. — Якутск, 1972.
- Васильев Г.М. Живой родник. — Якутск, 1973.
- Эргис Г.У. Очерки по якутскому фольклору. — М., 1974.
- Шерхунаев Р.А. Певцов благородное племя. — Иркутск, 1977.
- Илларионов В.В. Искусство якутских олонхосутов. — Якутск, 1982.
Ылыллыбыт сирэ
- «Энциклопедия Якутии». — Якутск, 2000.
- Алексеев Н.В. Аммабын Чээбийдии туойдахпына.- Дьокуускай: Бичик, 2003, с.149-153.
- Васильев Г.М. Живой родник: об устной поэзии якутов. – Якутск: Кн. изд-во, 1973. – 304 с.
- Иванова Е.Е. Аландаайы- Куландаайы бухатыыр. - Дьокуускай: Алаас, 2021. – 223 с.
- Илларионов В.В. Олоҥхо алыптаах эйгэтэ. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 336 с.
- Илларионов В.В. Эпическое наследие народа саха. – Новосибирск: Наука, 2016. – 344 с.
- Софронова А.Д. Оллоон олоҥхото: оҕону олоҥхоҕо уһуйууга көмө босуобуйа. – Дьокуускай: Бичик, 2018. – 256 с.
- Урастыров Кюннюк. Высекая искру. Статьи заметки, воспоминания, выступления. –Якутск, 1979.- с.215-216.