Semyon Zakharovich Borisov
Quick Facts
Biography
Борисов Семен Захарович (24.08.1911—07.10.1999) — биллэр ил уонна баартыйа диэйэтэлэ.
Олоҕун олуктара
1911 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1926 сыллаахха Ороссолуодатааҕы сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрэр, 1930 сыллаахха орто үөрэҕи Дьокуускайга бүтэрэр.
1929 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэк сэбиэтин сэкрэтээринэн үлэтин саҕалыыр.
1930—1932 сс. Дьаҥхаады оскуолатын сэбиэдиссэйинэн, Мэҥэ-Хаҥалас райисполкомун устурууктарынан, норуот үөрэҕириитин салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1932 сылга ЯЦИК устурууктара, баартыйаҕа киирэр. 1934 сылга 23 саастаах сылдьан Сунтаар райисполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт.
1938 сылга Москубаҕа сэбиэт тутуутун үрдүкү куурустарыгар үөрэххэ ыытыллар уонна 1939 сыллаахха бүтэрэр.
1939—1941 сс. — устурууктар, көһөрүү салаатын начаалынньыга. Ити салааУкраинаттан уонна Бөлөрүүстэндьоннору көһөрүүнэн дьарыктаммыта.
Сэрии саҕаланаатын кытта Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
1944 сыллаахха сири оҥоруу наркома, сүөһү иитии миниистирэ.
1946 сыллаахха Миниистирдэр Сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ.
1951 сыллаахха ССКП Саха Сиринээҕи обкомун сэкэрэтээрэ. Бу дуоһунаска киириэн иннинэ ахсынньы 10 күнүгэр «Правда» хаһыакка «Саха литературатын историятын сөпкө сырдатар туһугар» диэн ыстытыйата тахсар.Ол ыстатыйаҕа Кулаковскай А. Е., Софронов А. И. уонна Неустроев Н. Д. туһунан «Три якутских просветителя-реалиста» диэн кинигэ авторын Г. П. Башарины история фальсификаторынан буруйдаата.
1965 сыллаахха пенсияҕа тахсар.
1999 сыл алтынньы 7 күнүгэр күн сириттэн барбыт.
Мөккүөрдээх санаалар
Борисов Семен Захарович салайыытынан Чурапчы көһөрүүтэ ааспыта. Ол бириэмэҕэ көһөрүү совнаркомунан үлэлиирэ. Билиҥҥигэ дылы ким ол алдьархай дьаһалы ылбыта биллибэт, тус-туспа араас санаалар бааллар. Ол гынан баран син биир көһөрүү наадата билигин даҕаны мөккүөрдэнэн, уонна наада да буоллаҕына бэлэмнээһинэ адьас куһаҕаннык ааспыт.