peoplepill id: nikolay-yefimov-1
NY
1 views today
1 views this week
Nikolay Yefimov

Nikolay Yefimov

The basics

Quick Facts

Gender
Male
Awards
Medal "For Valiant Labour in the Great Patriotic War 1941–1945"
 
Order of the Red Banner of Labour
 
Medal "Veteran of Labour"
 
The details (from wikipedia)

Biography

Ефимов Николай Ефимович (03.12.1907, Эһэ нэһилиэгэ, Байаҕантай улууһа — 23.04.1999) — партийнай үлэһит, Байаҕантай нэһилиэгин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ (1961—1973), Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын кавалера.

Олоҕун олуктара

  • 1907 сыллаахха ахсынньы 3 күнүгэр Байаҕантай улууһун Эһэ нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • 1939 сыл сэтинньи ыйыттан ССКП чилиэнэ.
  • 1927 сылтан Байаҕантай улууһун Эһэ нэһилиэгин Сүбэтин сэкирэтээрэ.
  • 1939—1953 сс. — партийнай үлэһит.
  • 1953—1960 сс. — «Победа» колхоз бэрэссэдээтэлэ.
  • 1961—1973 сс. — Байаҕантай нэһилиэгин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ.
  • 1974 сылтан персональнай пенсионер.
  • 1999 сыл муус устар ый 23 күнүгэр өлбүт. Кириэс-Халдьаайыга Күн-көрбүт томторугар көмүллүбүт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана (1957)
  • «Аҕа дойду сэриитигэр 1941—1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл (03.09.1946, № 345538)
  • «Кыайыы 30 сыла», «Кыайыы 40 сыла» мэтээллэр
  • «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
  • Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин Президиумун ытык грамотата (1952, 1967)
  • РСФСР Үрдүкү Сүбэтин Президиумун ытык грамотата
  • «Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сааһын бэлиэтээн» мэтээл

Сиэн уолун ахтыыта

ДЬОН ТУҺУГАР ОЛОҔУН АНААБЫТ САЛАЙААЧЧЫ

Ытык мааны кырдьаҕас эһэм — Ефимов Николай Ефимович «Ноо-оҕонньор» — 105 сааһыгар анаан.


2012 сыл III-с Байаҕантай нэһилиэгэр бэрт тэрээһиннээх сыл буолара бигэргэтиллэн турар, ол курдук бу сыл сайыныгар «Байаҕантайдар ыһыахтара» Кириэс-Халдьаайы сиригэр-уотугар ыытыллыахтаах, онно анаммыт кинигэ күн сирин көрүөхтээх. Онно олоҕуран, Байаҕантай нэһилиэгэр уонна улуус да таһымыгар бэйэтин кэмигэр норуотун, дойдутун туһугар элбэх туһаны оҥорбут киһини, ытыктыыр эһэбин Николай Ефимович Ефимовы ахтан-санаан ааһарым сыыһанан ааҕыллыбата буолуо.

Билигин таһырдьа ХХI үйэ — Информационнай уонна индустриальнай сайдыы, рыночнай система атаҕар туруута, демократия — уһуга биллибэт федерализма, политическэй булкуурдар сабыдыаллара…. Ити барыта билиҥҥи олох хаамыыта. Онтон билигин олорон саныыр-ахтар, ытык мааны кырдьаҕас эһэм-оҕонньор — Николай Ефимович ХХ-с үйэ саҕаланыыта дойдутун күн сирин көрөн дьоллонон, уһун дьоллоох олоҕу олорон ааспыта. Бу сыл ахсынньы ыйын 3 күнүгэр «Ноо оҕонньор»- 105 сааһын туолуо этэ. Дьон кэпсээниттэн, ахтыыларыттан уонна бэйэм эһэбин билэр буолуохпуттан ылан санаан-ахтан сырдаттахха — олоҕун 50-тан тахса сылын бүүс-бүтүннүүтүн туох баар күүһүн уоҕун ууран уопсай дьыала иһин, норуот олоҕо тупсарын туһугар адьас чиэһинэйдик ыраас суобаһынан үлэлээбитэ. Саамай биир дьиктитэ баар, Николай Ефимович — үөрэҕэ суох, арай 15 сааһыгар Кириэс-Халдьаайы түөрт кылаастаах оскуолатыгар икки ый үөрэммит. Эбии үөрэниэн ийэтэ Ефимова Анна Филипповна эмискэ ыалдьан дьиэ-уот үлэтигэр киһи наада буолан, төттөрү Мөнкөҕө барарыгар тиһиллибит. Ити икки ый иһигэр эһэм сахалыы, нууччалыы ааҕарга-суруйарга кыратык да буоллар үөрэммит. Ол кэннэ эбии, 1922 сылларга үөрэҕэ суохтары үөрэхтиир туһунан саҥа дьаһал тахсан — эдэр үөрэҕэ суох дьону ликпууҥҥа (үөрэҕэ суохтары үөрэтэр тэрилтэҕэ) үөрэммит. Ити кэмҥэ үөрэнэн баран аны бэйэтэ үөрэҕэ суохтары мунньан үөрэтиһэн барбыт.

1925 сылга 18 сааһыгар, ыал буоларга сананан бастакы кэргэнин кытта Анастасиялыын холбоһон ыал буолаллар. 16 сыл бииргэ олорон 7 оҕоломмуттар, олортон билигин Клавдия Николаевна — ССРС доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ, тыыл ветерана Хаандыга бөһүөлэгэр олорор. 1942 сылга иккис кэргэнин кытта Вералыын ыал буолар, 70-тан тахса сыл бииргэ олороллор, 7 оҕолоноллор. Мин эһэбэр саамай кыра кыыһыттан Лариса Николаевнаттан иккис сиэн оҕото буолабын. Лариса Николаевна билигин Николай Власьевичтыын ыал буолан улахан көрдөрүүлээх, сайдыылаах бааһынай хаһаайыстыбаны тэрийэн, быр-бааччы «Хаадьыма» — диэн бааһынай хаһаайыстыбаны салайан олороллор. Мин иннибинэ төрөөбүт эдьиийдээхпин — Вероника Семеновна, кини эмиэ Байаҕантай нэһилиэгин биир боччумнаах «Сыыдам» — диэн ааттаах бааһынай хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлэ Анатолий Ивановичтыын ыал буолан олороллор, кыра кыыс оҕолоохтор — Сардаана диэн ааттаах. Уонна аҕам иккис кэргэниттэн Екатерина Тимофеевнаттан икки балыс балтылардаахпын Екатерина, Мария Скрыбыкиналар. Аҕам Скрыбыкин Семен Петрович, өр сылларга Мэҥэ-Алдан муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбитэ, Сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн саҥа дойду Россия атаҕар туруор диэри быһа холуйан эттэххэ уонтан тахса сыл курдук салайааччы идэтигэр үлэлээбитэ. Мин бастакы идэбинэн омук тылын учууталабын — Арыы-Толоонно учууталлаабытым. Билигин иккис үөрэхпинэн Дьокуускай куоракка Саха Республикатын Президенин салалтаҕа Институтугар үлэлиибин. Общественнай үлэнэн күүскэ дьарыктанабын, Томпо улууһун эдэр ыччатын уонна студеннарын түмсүүтүн тэрийэн билигин салайабын. Политология наукатын аспирантуратыгар кэтэхтэн үөрэнэбин.

Эһэм Николай Ефимович 1929 сыллаахха 32 ыалы холбоон, «Мөнкө» — диэн тыа хаһаайыстыбатын артыалын тэрийбит уонна 2 сыл устата ити артыал председателинэн үлэлээбит. Үлэтигэр бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэн оччотооҕу Таатта оройуонун дьаһалтата 150 солкуобай сууммалаах бириэмийэ биэрбитэ. Онтон үчүгэй үлэһитин, тэрийэр дьоҕурун көрөн Николай Ефимовиһы саҥа эппиэттээх дуоһунаска аныыллар. Кириэс-Халдьаайыга, онтон Тааттаҕа райпотребсоюз председателынэн, райзаготконтора директорынан үлэлиир. Ити дьылларга, улахан айдааннаах репрессия бириэмэтигэр, 1938 сыллаахха, былааны толорбото диэн ааттаан сууттаан хачыгыраталлар. Хата суукка киирсэн, эһэм оҕонньор — туох да буруйа суоҕа дакаастанан кыайан тахсар. Ити курдук кини чиэһинэйэ, үлэһитэ бэрт буолан кырдьык кыайар, аата-суола ыраас хаалар. Бу биир да кылаас үөрэҕэ суох киһи диэтэххэ, хайдах курдук оччотооҕу ыар, хабыр сылларга бэйэтин көмүскэнэн, кырдьыгын дакаастаабыта эмиэ киһи эрэ сөҕөр дьыалата. Ол кэнниттэн 1939 сылга партия райкомугар бастаан инструкторынан үлэлиир, онтон тэрийэр отдел сэбиэдиссэйигэр тиийэ үүннэрэллэр. Үлэтигэр сыанабылы ылар: «Николай Ефимович Ефимов с 1939 г. находился на партийной работе, с работой справляется, выдержанный, дисциплинированный товарищ. Секретарь Якутского ОК ВКП (б) Аммосов (ССКП Саха сиринээҕи УоК партийнай архыыба № 3 фонда, 217 опись, 24 лиис).»

Онтон 1944 сыллаахха Николай Ефимович сатабыллаах, дьүккүөрдээх, чиэһинэй буолан үрдүкү партийнай үлэҕэ Томпо улууһун райком секретарынан быыбарданар. Томпо улууһугар улахан ситиһиилээхтик үлэлиир. Томпо улууһа таба итиитигэр, түүлээҕи бултааһыҥҥа Республикаҕа биир бастыҥ көрдөрүүлээх улуус буолар. Кини манна райком секретарынан үлэлии сылдьан партия обкомуттан маннык үрдүк сыанабылы ылар: «Товарищ Ефимов Н. Е. с марта 1944 г. по настоящее время (1948 г.) работает секретарем по кадрам Томпонского райкома ВКП (б), к работе относится честно, добросовестно. В период работы Ефимова Н. Е. подбор, воспитание и расстановка кадров улучшилась (ССКП Саха сиринээҕи УоК партийнай архыыба № 3 фонда, 217 опись, 49 лиис).»

Дьэ ити курдук 1954 сыллаахха Томпо улууһун киинэ Хаандыга бөһүөлэгэр көһөн киириэр диэри ситиһиилээхтик үлэлиир. Онтон Николай Ефимовиһы Томпо нэһилиэгэр биир бөдөҥсүйбүт «Победа» диэн ааттаах 4 кыра колхозтары холбоон бөдөҥсүйбүт колхоһу тэрийэн баран, ол колхоз председателинэн талаллар. Оччолорго суол-иис, техника суоҕар аҥардас табанан аһыыр ас, оттор мас тиэйэн урут улуус киинэ буолан тигинээн олорбут 2000 -ҕа чугаһыыр нэһилиэнньэ тыыннаах буоларын хааччыйыы хайдах курдук эппиэттээх үлэ буолуой? Ону хата, Николай Ефимович салайар үлэҕэ олус дьоҕурдаах, улахан опыттаах буолан, дьону кытта уопсай тылы булан үлэлэтэр, дьоно кини сорудаҕын халбаҥа суох чопчу толорор буоланнар үлэ күүскэ барар, күөстүү оргуйар. Колхоз табаны иитиититтэн, түүлээхтэн ылар дохуота лаппа үрдээн миллионер колхоз буола улаатар. Дьон олоҕо-дьаһаҕа лаппа тупсар. Сындалҕаннаах таһаарыылаах үлэни үрдүктүк сыаналаан, 1957 сыл алтынньы ыйын 4 күнүгэр ССРС Үрдүкү Советын Президиумун Уурааҕынан Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаланар 377567 — ньүөмэринэн.

Онтон 1961 сыллаахха, билигин санаатахха улахан табыгаһа суох дойду үрдүнэн совхозтары тэрийэр туһунан Кремльтан Брежнев илии баттааһыннаах Киин салалта Ыйааҕа кэлэн Томпо улууһугар соҕотох биир «Томпо» совхоһа тэриллибитэ. 1961 сыл тохсунньу ыйын 12 күнүгэр Томпо нэһилиэгэр дьыаланы туттарыы туһунан акт оҥоһуллар, бу акт чэрчитинэн урукку «Победа» колхоз ыытар дьыалатын, баайын-дуолун барытын саҥа тэриллибит «Томпо» совхоһун управляющайыгар Социалистическэй Үлэ Геройугар Кладкин В. М.-ҥа биэриллэр.

Ити 1961 сылга «Победа» колхоз сабыллан, Николай Ефимовиһы Совет үлэтин бөҕөргөтөр сыалтан төрөөбүт сиригэр-уотугар III-с Байаҕантай Советын Председателынан үлэҕэ аныыллар. Томпо улууһун бочуоттаах гражданина Баланов И. П. ахтыытыттан — Николай Ефимовичтыын улуус Советын Председателынан үлэлиир бириэмэтигэр бииргэ үлэлээн. Сүбэ күүһүнэн, оскуола эргэрбитин учуоттаан саҥа оскуола тутуллуутугар күүстэрин түмэн үлэлээн бэрт түргэнник туруорсан оччотооҕу Республика үөрэҕин министрэ Шарин Николай Иванович уонна тутуу отделын начальнига Аржаков Семен Степанович өйөөннөр кылгас кэм иһигэр оскуола саҥа дьиэтин туттарбыттар. Элбэх олорор дьиэ, оҕо саадын дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбиттэр. Биир саамай кыһалҕалаах боппуруос суол-иис суоҕа үһү. Томтортон, Эбэ алааһыттан Алдан биэрэгэр киирэргэ массыына Мэнэрики алааһынан үс биэрэстэ эргийэн, бэрт эрэйдээх суолунан сылдьара. Дьэ ол иһин биэрэк уонна Эбэ алааһын икки ардыгар баар сис ойууру туоруур быһа суол тутарга быһаарыммыттар. Хаандыгаттан икки сайын биэстии самосвал уонна биир бульдозер ылан Алдан тааһын кутан суолу туттарбыттар.

Николай Ефимович киһи быһыытынан дьон эрэйин, кыһалҕатын бэйэтин эрэйин курдук ылынар, дьиҥнээх норуот олоҕунан олорор салайааччы. Туохха барытыгар бэйэтэ сирэй сүүрэн-көтөн үлэни тэрийсэрэ, олус кыһамньылаах, мындыр өйдөөх, үлэни дириҥник, боччумнаахтык ырытан ырытан тэрийэр этэ. Хаһан да, буруйу-сэмэни оҥорбут да дьоҥҥо, арыт былаан, үлэ кыайан толоруллубатах түбэлтэтигэр мээнэ тойомсуйбат, мөхпөт, куолаһын үрдэппэт этэ. Хата, ол дьонун кытта бииргэ сүбэлэһэн саас сааһынан быһаарсан, ырыҥалаан сөптөөх суолу тобулааччы. Ол иһин үлэһиттэр кини эппитин, сорудаҕын ис дууһаларыттан ылынан толорооччулар уонна Николай Ефимовиһы олус ытыктыыр, сөбүлүүр этилэр. Дэлэҕэ да, кини 50-ча сыл салайар үлэҕэ үлэлээбит кэмигэр биир да кини сыыһа дьаһайда, эбэтэр туох эмэ алҕаһы оҥордо диэн үҥсүү суоҕа. Кырдьык эҥкилэ суох чиэһинэйдик, наар норуотун туһугар туруулаһан үлэлээбитэ -диэн ытыктаан, учууталын курдук ахтан санаан суруйбут Иван Петрович Баланов 2005 сыл олунньу ый 9 күнүгэр.

Эһэм туһунан дьон-сэргэ, ытык-кырдьаҕас араҥата, бииргэ алтыспыт дьоно бары үтүөкээн киһи олорон ааспытын хайҕаан, ахтан-санаан саҥаралларын куруутун истэбин. Бары кинини сыаналыыллара, убаастыыллара, ытыктыыллара көстөр. Ону кини үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин докумуоннара, ол бу эҕэрдэ суруктара Байаҕантай музейын архыыбыгар бааллар, Үлэ Кыһыл Знамятын ордена, уонна элбэх мэтээллэрэ туоһулууллар. Ааспыт система олоҕор биир дьикти уонна чаҕылхай көрдөрүү баар эбит, билигин ити туһунан олох истибэппин — ити персональнай пенсия ананыыта: «Совет Министров Якутской АССР Постановление г. Якутск № 267 от 6 июня 1974 г. Об установлении персональной пенсии местного значения т. Ефимову Николаю Ефимовичу, Совет Министров ЯАССР постановляет: Учитывая долголетнюю плодотворную работу товарища Ефимова Н. Е. в партийных и советских органах, установить ему персональную пенсию местного значения в размере 80 рублей в месяц с 1 мая 1974 г. пожизненно. Председатель СовМин ЯАССР И. Петров»

Итинэн сиэттэрэн мин эһэм, Николай Ефимовичтөһө да үөрэҕэ суоҕун иһин, айылҕаттаан бэриллибит салайар дьоҕурдаах. Дьонҥо-сэргэҕэ холку, сиэдэрэй, сымнаҕас сыһыанынан. Дьон-сэргэ күннээҕи олохторуттан саҕалаан инникини, эһиилгини кытта ырыҥалыыр мындыр өйдөөх, бэриниилээх советскай-партийнай үлэһит этэ. Архыыбыгар суруйан хаалларбытын булан аахпыттаахпын, онно этэр: «Түмсүүлээх эрэ буолуу ситиһиини аҕалар, хас биирдии киһи идэтигэр бэриниилээх буолуохтааҕын, ону толору баһылыахтааҕын, эппиэтинэһи инники тутуохтааҕын уонна дьон-сэргэ санаатын сөптөөхтүк сыаналаан кэмигэр түмэ тардан үлэни ыытарга…» — ити рукопись 1959 сыл сэтинньитигэр суруллубут. Мин биир бэйэм, билигин атын бириэмэ ыччата буолларбын даҕаны, эһэм олорбут олоҕун олуһун диэн сэҥээрэбин, киэҥ туттабын уонна үлэбэр, үөрэхпэр холобур оҥостобун.


Б. С. СКРЫБЫКИН Муус устар 1 күнэ 2012 сыл. Дьокуускай к.

Быһаарыылар

  1. Билиҥҥи Таатта улууһа, ??? нэһилиэгэ.

Туһаныллыбыт сирдэр

  1. Үлэҕэ анаммыт олох: (Ахтыылар) хомуйан оҥордулар Афанасьева К.Н., Соловьева С.Н.. - Хаандыга: Томпо улууһун типографията, 2006. - 100 с.
  2. Жизнь, отданная труду: (Воспоминания) составители Афанасьева К.Н., Соловьева С.Н.. - Хандыга: Томпонская районная типография, 2006. - 100 с.

Сигэлэр

  1. Үлэҕэ анаммыт олох: (Ахтыылар) хомуйан оҥордулар Афанасьева К.Н., Соловьева С.Н.. - Хаандыга: Томпо улууһун типографията, 2006. - 100 с.
The contents of this page are sourced from Wikipedia article. The contents are available under the CC BY-SA 4.0 license.
Lists
Nikolay Yefimov is in following lists
comments so far.
Comments
From our partners
Sponsored
Nikolay Yefimov
arrow-left arrow-right instagram whatsapp myspace quora soundcloud spotify tumblr vk website youtube pandora tunein iheart itunes