peoplepill id: nikolay-abramov-8
NA
Russia
1 views today
1 views this week
The basics

Quick Facts

Places
Gender
Male
Birth
Place of birth
Megino-Kangalassky District, Sakha, Russia
The details (from wikipedia)

Biography

Кынат

Абрамов Николай АлексеевичКынат (1868—1941), биллиилээх олоҥхоһут, ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.

Олоҕун олуктара

1868 сыллаахха Илин Хаҥалас улууһун Иккис Наахара нэһилиэгэр төрөөбүт.

«Көҥүл Быырай», «Тойон Ньургун» уонна «Харалаан Мохсоҕол» олоҥхолор кини тылыттан суруллубуттар.

Ону таһынан хас да остуоруйа: «Таал-Таал эмээхсин», «Бэйбэрикээн эмээхсин», «Бүүкээнниир Ыаһах». Репертуара дириҥ ис хоһоонноох уонна уус-уран ойуулаах.

Николай Алексеевич Абрамов – Кынат 1861 с. Мэҥэ Хаҥалас (урут Илин Хаҥалас уонна Мэҥэ диэн икки тус-туһунан улуустар этэ), улууһугар 2-с Наахара нэһилиэгэр быстар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Алексей Яковлевич Абрамов, ааттыын Балыксыт Бакыныар диэн дьадаҥы киһи, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан дьиэ кэргэнин иитэн олорбут. Ийэтэ Биэрэ, Мэҥэ улууһун Алтаныттан төрүттээх Макаровтар кыыстара, Ньоҕорулла уонна Өлүөс диэн Мэҥэ Алтаныгар киэҥник биллибит ойууттар балтылара. Ийэлэрэ бэртээхэй ырыаһыт, олоҥхоһут, остуоруйаһыт уонна ааттаах күсчүт, туойтан араас иһити оҥорор идэлээх буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ, чугас ыалларыгар ытыктабылга сылдьар талба талааннаах эбит.

Бакыныар Алаадьы Бүөтүр, Кынат Ньукулай уонна Бөллүргэй Бүөтүр диэн үс уоллаах уонна хас даҕаны кыргыттардаах эбит. Түөлбэтин дьоно ахталларынан, ийэлэрэ Биэрэ оҕолорун олоҥхолуурга, ыллыырга уһуйбут. Уолаттар чуор куоластаах, уус тыллаах дьон буола улааппыттар.

Абрамовтар, төһө да кыамматтарын-түгэммэттэрин иһин, кыһыҥҥы тымныы киэһэлэргэ остуоруйа, олоҥхо кинилэр аас-туор олохторун саататара чахчы. Оҕолор маҥнай ийэлэриттэн «Таал-таал эмээхсин», «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин», «Мэник Мэнигийээн», «Чаачахаан-Чаачахаан», «Саһыл уонна Бөрө» уо.д.а. остуоруйалары истибиттэр. Кынат кэлин бу остуоруйаларын сурукка-бичиккэ биир дойдулаахтара учууталлар П.Т.Степанов, В.Р.Уломжинскай, Г.Наумовскай суруйан институт архыыбыгар туттарбыттара, үгүстэрэ научнай хомуурунньуктарга киллэриллэн тураллар.

Кынат олоҥхолуурга аан маҥнай ийэтиттэн уһуйуллубута чахчы. Олоҥхоһут анкетатыгар «Күүстээх-уохтаах Көҥүл Буурай» олоҥхону аан бастаан ийэтиттэн уһуйуллан 14-15 сааһыттан дьиэтээҕилэригэр, онтон чугас эргин олоҥхолуура биллэр. Борбуйун кыаныытыгар, 20-чэ сааһыгар, чугас нэһилиэктэргэ аата-суола биллэр-сураҕырар буолбут.

Быраата Алаадьы ойуун ахтарынан, Амма баайдарыгар хамнаска кэпсэтиһэн үлэлии киирэллэригэр оту-маһы эймэнитэр гына ыллаан-туойан, ол-бу ойуун тойугун туойан сөхтөрөллөр эбит.

М. Горькай ССРС суруйааччыларын маҥнайгы сьеһигэр норуот тылынан айымньытын хомуйарга ыҥырыы таһаарыаҕыттан, саха фольклорун хомуйууга, кэрэхсээһиҥҥэ болҕомто ууруллар. Норуот айымньытын үлэһитэ П.Н.Попов Тааттанан, Намынан, Амманан, Мэҥэ Хаҥалаһынан сылдьан советскай фольклор айымньыларын суруйан барар. Дьэ, ол сылдьан Мэҥэ Хаҥалас Наахаратыгар бүгэн олорор Н.А.Абрамов-Кынат ырыатын-тойугун сурукка- бичиккэ түһэрэр, айар үлэҕэ көҕүлүүр. Кини үтүө көмөтүнэн «Төрөөбүт дойдум», «Уот тыыннаах тыраактыр көлө» хоһуйуулара күн сирин көрөллөр. Кырдьаҕас олоҥхоһут мантан баай репертуарын суруйтарарга анаан дьарыктанар. Кыыһынаан куоракка көһөн киирэн, айымньылаах үлэҕэ оройунан түһэр. Суруйааччылар, культура үлэһиттэрэ, фольклорист хомуйааччылар кини баай репертуарын суруйтарарыгар көх-нэм буолаллар. Кынат ордук олоҥхотун сурукка-бичиккэ түһэриигэ болҕомтотун уурбут. Бэрт кылгас кэмҥэ биэс олоҥхотун суруйтарбытын киһи сөҕө саныыр.

Ол курдук олоҥхоһут биир дойдулааҕа П.Т.Степанов «Ньургун Бөҕө» диэн рукописнай тексэ 21318 хоһоонунан строкалаах олоҥхону толору суруйбута. И.Н.Васильев 18420 строкалаах «Көҥүл Буурай» олоҥхону сурукка-бичиккэ тиспит. Кынат олоҥхолоруттан бастыҥнара, кээмэйинэн да бөдөҥнөрө «Харалаан Мохсоҕол» буолар. Бу олоҥхону Г.Е.Ефремов суруйбута тексин кээмэйэ 445 лиистээх, хоһоонун строката 18420 буолбут балачча улахан олоҥхо эбит.

Бу ахтыллыбыт үс олоҥхо Н.А.Абрамов репертуарыгар бэрт бигэтик киирбиттэр. Кынат «Олоҥхоһут анкетатыгар» даҕаны, фольклористарга, дьоҥҥо даҕаны мэлдьи бу олоҥхолору өрө тутан бэлиэтээн суруйтарар, олоҥхо дьоро киэһэлэригэр толорор эбит.

Олоҥхоһут устар ууну сомоҕолуур уран тыл ууһа буолан, тута хоһуйан ыллыыр ураты дьоҕурдааҕа. Үксүн аныгы олоҕу, советскай былаас ситиһиилэрин, колхуос үлэтин-хамнаһын уустаан-ураннаан хоһуйбута.

Н.А.Абрамов – Кынат 1941 с. атырдьах ыйын маҥнайгы күннэригэр орто туруу дойдутуттан букатыннаахтык барбыта. Ол да буоллар, олоҥхоһут бэрт кылгас кэмҥэ үлүмнэтэн үлэлээн, үс толору, икки быстах олоҥхолорун, уус-уран өттүнэн сиппит-хоппут ырыаларын-тойуктарын, норуокка киэҥник биллэр остуоруйаларын суруйтаран хаалларбыта, норуот талба талааннааҕын быһыытынан аатын-суолун үйэтиппитэ. Кэлэр көлүөнэ фольклористар кини баай репертуарын үөрэтэн-чинчийэн, киэҥ суолга, наука эйгэтигэр таһаарыахтара, анаан чинчийиэхтэрэ.

Айымньылара

  • Төрөөбүт дойдум. Уот тыыннах трактор көлө. — Норуот ырыаһыттара. — Дь., 1942.
  • Хааннаах фашист хампарыйдын. — Кырдьык кыайар. — Дь., 1942.

Сигэлэр

  • Васильев Г. М. Живой родник. — Якутск, 1973.
  • Эргис Г. У. Очерки по якутскому фольклору. — М., Наука, 1979.
  • Писатели Якутии. Библиографический справочник. — Якутск, 1981.
  • Энциклопедия Якутии. — Якутск, 2000.


  1. В.В. Илларионов Абрамов Н.А. - Кынат "Ньургун Бөҕө" олоҥхото, 2011 с.
The contents of this page are sourced from Wikipedia article. The contents are available under the CC BY-SA 4.0 license.
Lists
Nikolay Abramov is in following lists
comments so far.
Comments
From our partners
Sponsored
Nikolay Abramov
arrow-left arrow-right instagram whatsapp myspace quora soundcloud spotify tumblr vk website youtube pandora tunein iheart itunes