peoplepill id: ivan-konstantinov-3
IK
Russia
1 views today
1 views this week
Ivan Konstantinov

Ivan Konstantinov

The basics

Quick Facts

Places
Gender
Male
Place of birth
Nyurbinsky District, Sakha, Russia
Age
88 years
Education
North-Eastern Federal University
Sakha, Russia
The details (from wikipedia)

Biography

Константинов Иван Васильевич

Константинов Иван Васильевич (20.08.1936—26.03.1977) — археолог, саха учуонайа, устуоруйа билимин хандьыдаата.

Олоҕун олуктара

  • 1936 сыллаахха атырдьах ыйын 20 күнүгэр Саха АССР Ньурба оройуонун Ньурба нэһилиэгэр төрөөбүт.
  • 1955—1957 сс. — совхозка үлэлээбит.
  • 1961 с. — Саха государственнай университетын бүтэрбит.
  • 1963—1967 сс. — лаборант.
  • 1967 с. — история билимнэрин кандидатыгар «Материальная культура якутов XVIII в.» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
  • 1967—1977 сс. — тыл, литература уонна история Институтун младшай научнай үлэһитэ.
  • 1977 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр күн сириттэн барбыт.

Константинов историк, элбэх экспедицияларга сылдьыбыт археолог быһыытынан биллэр. Өлүөнэтээҕи археология экспедициятын кытта Алдан тардыытыгар Белькачи I, Сумнагин, Усть-Тимптон, Дюктайскай хайа хаспаҕын уо.д.а. чинчийбит. Кини салалтатынан, 1967—1968 сылларга Өлөөн, 1974 сылга Анаабыр өрүстэргэ бастакы археология барылынан чинчийии ыытыллыбыта. Бу хотугу өрүстэр тардыыларыгар, кини иннинэ биир да археолог сылдьыбатах сиригэр, кэккэ араас кэмнэрдээҕи арыйыылары, археология өйдөбүнньүктэрин булан чинчийбитэ. Экспедициялар түмүктэринэн коллективнай «Археологические памятники Якутии. Бассейна Вилюя, Анабара и Оленека» диэн монография суруллубут.

Сүрүн үлэлэрэ

  • «Материальная культура якутов XVIII века» (Якутск, 1971) - монография.
  • «Ранний железный век Якутии» (Новосибирск, 1978) - монография.
  • Ыстатыйалар
  • «Раскопки шаманского погребения» (Сб. научный статей Якутского республиканского краеведческого музея, 1966).
  • «Они раскапывали погребения» (Полярная звезда. — 1966. — № 3).
  • «Работа на Оленьке» (Сб.: По следам древних культур Якутии. — Якутск, 1970).
  • «О захоронениях с конем в Якутии» (Там же).
  • «Захоронения слуг у якутов» (Полярная звезда. — 1976. — № 4).
  • «Старинные якутские этёхи» (В кн.: Вопросы этнографии народов Якутии. — Новосибирск, 1974).
  • «Происхождение якутского народа и его культуры» и «Новые материалы о захоронении якутов XVIII в.» (Сб.: Якутия и ее соседи в древности. — Якутск, 1975).
  • «Олонхо как историко-этнографический источник» (Сб.: Основоположник якутской советской литературы. — Якутск, 1974).

И.В. Константинов туһунан

  • Иванов В.Ф. Рец. на кн.: Константинов И.В. Материальная культура якутов XVIII в. — Якутск, 1971 // Сов. этнография. — 1973. - № 2. — С. 171—173.
  • Чемезов В.Н. Научно-исследовательские учреждения и расширение подготовки кадров историков // Очерки советской этнографии. — Якутск: Кн. изд?во, 1976. — С. 161, 167—168.
  • Парникова А.С. Работы по этнографии // Очерки советской историографии. — Якутск, 1976. — С. 225.
  • Федосеева С.А. Исследователь древних культур и этногенеза народов Якутии // Венок памяти. — Якутск, 2001. — С. 35—41.

Сигэлэр

The contents of this page are sourced from Wikipedia article. The contents are available under the CC BY-SA 4.0 license.
Lists
Ivan Konstantinov is in following lists
comments so far.
Comments
From our partners
Sponsored
Credits
References and sources
Ivan Konstantinov
arrow-left arrow-right instagram whatsapp myspace quora soundcloud spotify tumblr vk website youtube pandora tunein iheart itunes