peoplepill id: bolot-bootur
BB
1 views today
1 views this week
The basics

Quick Facts

The details (from wikipedia)

Biography

Соловьев Василий Сергеевич — Болот Боотур (15.04.1915—24.05.1993) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1966).

Олоҕун олуктара

1915 с. муус устар 15 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билигин Чурапчы) IV Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн норуот уус-уран айымньытыгар убанан үөскээбит. 15 саастааҕар оройуоннааҕы сир салаатыгар бастакы артыаллары тэрийэргэ көмөлөспүт. Всеобуч учууталларын кылгас кэмнээх бэлэмниир курустарын бүтэрэн 1933 с. Мындаҕаайы бастакы сүһүөхтээх оскуолатыгар учууталынан анаммыт.

Үлэлии сылдьан репрессияҕа түбэспит, учуутал үлэтигэр 1939 с. биирдэ төннүбүт. Мугудай оскуолатыгар үлэлии сылдьан Дьокуускайдааҕы педагогическай институт тыл уонна литература факультетыгар кэтэхтэн үөрэммит. Сэрии саҕаланан үөрэҕэ уурайбыт.

1942 с. сэриилэһэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Калининград, Ленинград уобаластарын, Литваны, Белоруссияны, Польшаны босхолооһуҥҥа кыттыбыт, сэриини Германияҕа түмүктээбит. Ыараханнык бааһыра сылдьыбыт.

Сэрии кэнниттэн үөрэтэр үлэҕэ төннүбүт. Фольклор уонна этнография матырыйааларын хомуйууннан дьарыктаммыт, оскуола түмэлин тэрийбит. 1955 с. кэтэхтэн үөрэнэн Дьокуускайдааҕы педагогика институтун бүтэрбит.

1993 с. ыам ыйын 24 күнүгэр өлбүт.

Айар үлэтэ

1957 с. кимиэхэ да биллибэт ааптар «Ол күн» диэн поэматынан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 40 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куоҥкуруска кыттан иккис бириэмийэни ылбыт. Поэма 1958 с. туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Сааскы дьыбардар» романа 1967 сыллаахха буолбут куонкуруска эмиэ иккис миэстэни ылан суруйааччы прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүт. Айымньы 1971 с. бэчээттэммит. Роман саха литературатыгар көс эбээннэр олохторун-дьаһахтарын көрдөрбүт бастакы айымньыннан буолбут.

Айымньылара

  • 1. Ол кун. Поэма. - Якутскай, 1959;
  • 2. Сааскы дьыбардар. Роман. - Якутскай, 1971;
  • 3. Весенние заморозки. Роман /Авториз.пер. В.Дудинцева, Н.Гордеевой. - М., 1974; 1982;
  • 4. Уhуктуу. Роман.- Кн. 1-3. - Якутскай, 1975 - 1987;
  • 5. Пробуждение. Роман /Авториз.пер. В.Кочеткова - М., 1978 - 1984;
  • 6. Ол кунтэн - бу куннэ. Хоhооннор, поэмалар. - Якутскай, 1985;
  • 7. Хомурахтаах хоту сирим оголоругар. - Якутскай, 1992.

О5олорго айымньылара

  • Сибинньэлии сигили (угэ)
  • Билбэт эрээри бэбээримэ (угэ)
  • Тэйэр хайа (угэ)
  • Кутэр кололоммутэ (угэ)
  • Соруока соруоха (угэ)
  • Чугаьынан тойооску (чабыр5ах)
  • Чо5ой уонна Ньо5ой (чабыр5ах)
  • Сырдык мичээрдэр Саас буолуута, сай кэлиитэ
  • Ханкыьыт ырыата
  • Хайыьарым барахсан
  • Тугутчаан
  • Куобахчаан
  • Барыта таба о5ото

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Албан аат III ст. уордьана
  • Аҕа дойду Улуу сэриитин I ст. уордьана
  • Саха норуодунай суруйааччыта
  • Саха АССР П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата

Өссө маны көр

  • Саха норуодунай суруйааччыларын тиһигэ
  • Саха норуодунай поэттарын тиһигэ

Быһаарыылар

  1. Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дь.: Кудук, 1998. — ISBN 5-7863-0122-2

Сигэлэр

 
Саха норуодунай суруйааччылара
The contents of this page are sourced from Wikipedia article. The contents are available under the CC BY-SA 4.0 license.
Lists
Bolot Bootur is in following lists
comments so far.
Comments
From our partners
Sponsored
Credits
References and sources
Bolot Bootur
arrow-left arrow-right instagram whatsapp myspace quora soundcloud spotify tumblr vk website youtube pandora tunein iheart itunes